С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ » — презентация
logo
С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
  • С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »
1/10

Первый слайд презентации

«С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »

Изображение слайда

Слайд 2

Ахсынньы 31 күнэ – Арассыыйаҕа саҥа сыл үүнэр күнэ. Саҥа дьыл бырааһынньыга урут-уруккуттан Арассыыйа үрдүнэн хас биирдии дойду бэлиэтиир күнүнэн ааҕыллар. Ахсынньы 31 күнэ – сыл бүтэһик күнэ дэнэр. Бу түүн, тохсунньу 1 күнэ үүнүүтэ, саҥа сылы көрсөр бырааһынньык буолар.

Изображение слайда

Слайд 3

Ахсынньы 31 күнэ – Арассыыйаҕа саҥа сыл үүнэр күнэ. Арассыыйаҕа аан маҥнай ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 1 күнүгэр бэлиэтэнэр саҥа дьыл бырааһынньыгын 1699 с. император Петр 1 укааһынан биллэриллибитэ. Оттон дойду бүттүүнэ саҥа дьыл бырааһынньыгын Сэбиэскэй сойуус кэмигэр биирдэ улаханнык бэлиэтиир буолбута. 1948с. тохсунньу 1 күнүгэр бу туһунан докумуоҥҥа туоһулаабыттара уонна сынньалаҥ күн оҥорбуттара. Онон бүттүүн Арассыыйа үрдүнэн ахсынньы 31 күнүгэр дьон ханна олороруттан тутулуга суох бары бииргэ биир бырааһынньыгы көрсөр, бэлиэтиир.

Изображение слайда

Слайд 4

Изображение слайда

Слайд 5

Дьиэ кэргэни саамай түмэр, сомоҕолуур уонна эйэни, сылаас, истиҥ сыһыаны түстүүр бырааһынньык – Саҥа дьыл. Бу күн дьиэ кэргэн мустан, туох баар куһаҕаны ааспыт сылга хаалларан, үчүгэй санаалаах кэлэр сылга үктэнэр үгэстээх. Бу эрэ күн оҥоһуллар, толоруллар үгэстэр хас биирдии норуокка, дьиэ кэргэҥҥэ бааллар. Ол сылтан сыл аайы сүппэт, бэриллэ турар үгэстэр буолаллар. Ол үгэстэри үксүгэр дьиэ кэргэн сомоҕолоһон оҥорор уонна тэрийэр. Ол иһин бу бырааһынньык дьиэ кэргэн бырааһынньыга диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Изображение слайда

Слайд 6

Саҥа дьыл күн сылтан сыл хатыланар элбэх араас үгэстэр бааллар. Ол курдук, дьиэ кэргэн, дьон ый инниттэн саҕалаан бэлэмнэнэллэр. Дьиэлэрин иһин киэргэтэллэр, харыйа симээн туруораллар, чугас дьонноругар уонна аймахтарыгар блэлэхтэри бэлэмнииллэр. Ону таһынан, Дед Морозка баҕа санаа суругун суруйаллар, харыйа анныттан бэлэх күүтэллэр, Саҥа дьыллааҕы киинэлэри көрөллөр – бу барыта сылтан сыл аайы илдьэ сылдьар Саҥа дьылы көрсөр дойдубут үгэстэрэ буолаллар.

Изображение слайда

Слайд 7

Ону таһынан, хас биирдии киһи сыл бүтүүтэ ааспыт сыл ситиһиилэрин, түһүүлэрин-тахсыыларын, үчүгэйин-куһаҕанын бэйэтигэр быһаарар, сурунар уонна толкуйданар. Үүнэр сылга саҥа былааннары, баҕа санаалары уонна сыаллары-соруктары туруорунар. Ол киһини инникигэ эрэллээх, толкуйдаах, дисциплиналаах буоларыгар сайыннарар.

Изображение слайда

Слайд 8

Изображение слайда

Слайд 9

Сылтан сыл аайы бэриллэ турар үгэстэр уонна бэлиэ күннэр бааллар. Олортон биирдэстэрэ – Саҥа дьыл, саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга. Бу күн туох баар куһаҕан умнуллан, саҥа олох түстэнэр, саҕаланар күнэ диэн этиэхпитин сөп. Үгүс дьон бу күнү бэйэтин дьиэ кэргэнин, чугас дьонун кытта бэлиэтиир. Бу күнү чугас дьоннорун кытары көрсөөрү үгүс киһи ыраах айаны туорууллар, ыгылыйбыт санааттан тахсаллар, элбэх моһолу көрсөллөр. Саҥа дьыл – Арассыыйа норуоттарын барыларын түмэр бырааһынньык.

Изображение слайда

Последний слайд презентации: С аҥа дьыл – дойдубут үйэлээх үгэһэ »

« Саас » сыһыарыыны хачаайдаа, К эскиллээх олоххо биһигинниин бэлэм буол!

Изображение слайда

Похожие презентации

Ничего не найдено