Слайд 2
Таптыаҥыҥ ийэни! Күн көрүө - от үүнүө, Сибэкки тэтэриэ, Күнэ суох туох үүнүөй - Күөх сирэм күкээриэ. Ол тэнэ - Күн тэнэ Эн ийэҥ, мин ийэм. Ийэтэ суох иинэн Иһийиэ сир ийэ. Хос ырыа: Күндүттэн күндүнү, Кэрэттэн кэрэни, Төлөннөөх сир баайын Таптыаҕыҥ ийэни! Ийэттэн төрүүллэр Генийдэр, геройдар, Долгуннуу үксүүллэр, Үүнэллэр норуоттар. Эн, кини уонна мин Ийэттэн кэлбиппит, Ийэбит эмиийин Илгэтин испиппит. С.Р. Кулачиков - Эллэй . О.П. Иванова - Сидоркевич
Слайд 4
Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй ийэтэ Настайа саха норуотун өйүн-санаатын сирдьитэ Өксөкүлээх Өлөксөй курдук киһи үүнэн тахсарыгар сүрдээх улахан өҥөлөөх ийэ. П. А. Слепцов – Былатыан Ойуунускай Сэтинньи ый 11 күнүгэр төрөөбүтэ 131 сылын туолбут Былатыан Ойуунускай «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһоонугар суруйбут: « Ийэкээм, эн биэрбит сүрэххин норуоппар аныыбын », – диэн этэр. А.Е. Кулаковский – Өксөкүлээх Өлөксөй
Слайд 5
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ, Михаил Ефимович Николаев 1993 сылтан алтынньы үһүс өрөбүлүн Саха сиригэр Ийэ күнүн бэлиэтиир туһунан дьаһал таһаарбыта. Бу Россияҕа Ийэ күнүн бэлиэтиир аан бастакы дьаһал. М. Е. Николаев «Ийэм миэхэ хаалларбыт нэһилиэстибэтэ диэн үтүө аат, кинини билэр дьоҥҥо тапталы уонна убаастабыллаах сыһыан буолар. Кини миэхэ төрөөбүт дойдуга, бэйэм норуоппар, киһиэхэ тапталы иҥэрбитэ. Онтон атын нэһилиэстибэ миэхэ наадата суох».