Слайд 2
Ийэ – ытык өйдөбүл. Хас биирдии киһи ийэлээх. Киһи төрдө ийэттэн саҕаланар – “ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар”. Сэтинньи 24 күнэ – Арассыыйаҕа Ийэ күнэ. Ийэ диэн кимий? Саха суруйааччыларыттан төрөппүт ийэтигэр айымньытын анаабатах суруйааччы, поэт, бука, суоҕа буолуо. Быйыл сэтинньи 29 күнүгэр төрөөбүтэ 120 сылын туолар сахалартан бастакы норуот поэта аатын ылбыт Серафим Романович Кулачиков ийэтин туһунан уратытык, иэйиилээхтик суруйан хаалларбыт поэт. Эллэй “Таптыаҕыҥ, ийэни!” диэн хоһооно сахаҕа ийэ туһунан гимн кэриэтэ буолбут ырыа тылын суруйбута.
Слайд 3
“Таптыаҕыҥ, ийэни ! Эллэй тыллара, Ольга Иванова мелодията Ырыаны толорор ааптар Ольга Иванова Күн көрүө, от үүнүө Сибэкки тэтэриэ, Күнэ суох туох үүнүөй Күөх сирэм күүкээриэ. Ол тэҥэ, күн тэҥэ Эн ийэҥ, мин ийэм. Ийэтэ суох иинэн Иһийиэ сир ийэ. Хос ырыата Күндүттэн күндүнү, Кэрэттэн кэрэни Төлөөннөөх сир күнүн Таптыаҕыҥ ийэни ! Ийэттэн төрүүллэр Генийдэр, геройдар, Долгуннуу элбииллэр, Үүнэллэр норуоттар. Эн, кини уонна мин Ийэттэн кэлбиппит, Ийэбит эмиийин Илгэтин испиппит. Хос ырыата Күндүттэн күндүнү, Кэрэттэн кэрэни Төлөөннөөх сир күнүн Таптыаҕыҥ ийэни !
Слайд 4
Ырыа историята Эллэй төрөөбүт дойдута – Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгэ. Билигин онно Эллэй олорбут дьиэтэ музей буолан турар. 2022 сыллаахха Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна 2022 сыл Ийэ сылыгар анаан Чычымахха Эллэй олорбут дьиэтин таһыгар “Таптыаҕыҥ, ийэни!” ырыа буолбут хоһоонугар аналлаах скульптура олоххо киирбитэ. Бу уран дьүһүйүү дьиҥ чахчы Ийэ үрдүк аатыгар сүгүрүйүү бэлиэтинэн буолар.
Слайд 5
Хас биирдии киһи ийэлээх. Ийэ оҕото улаатан, туһа киһитэ буолан тахсарыгар сүрүн тирэҕи биэрэр. Биһиги тумус туттар дьоннорбут эн, мин, кини курдук бары ийэттэн төрөөбүттэрэ. Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй ийэтэ Настайа саха норуотун өйүн-санаатын сирдьитэ Өксөкүлээх Өлөксөй курдук киһи үүнэн тахсарыгар сүрдээх улахан өҥөлөөх ийэ. Былатын Ойуунускай «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһоонун аахтахха, ийэ кини олоҕор туох суолталааҕын өйдүүгүн. Ойууунускай ийэтин көмүс уҥуоҕун үрдүгэр мааныланан иитиллибитин ахтар-махтанар уонна норуот уола буоларын билинэр: “Ийэкээм, эн биэрбит сүрэххин норуоппар аныыбын”, – диэн этэр.
Слайд 6
Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ, Михаил Ефимович Николаев 1993 сылтан алтынньы үһүс өрөбүлүн Саха сиригэр Ийэ күнүн бэлиэтиир туһунан дьаһал таһаарбыта. Бу Россияҕа Ийэ күнүн бэлиэтиир аан бастакы дьаһал этэ. Ол дьаһал тахсыбыт сирэ – биһиги Сахабыт сирэ. М.Е. Николаев ийэтин туһунан олус үчүгэйдик ахтыбыта баар : « Ийэм миэхэ хаалларбыт нэһилиэстибэтэ диэн үтүө аат, кинини билэр дьоҥҥо таптал уонна убаастабыллаах сыһыан буолар. Кини миэхэ төрөөбүт дойдуга, бэйэм норуоппар, киһиэхэ тапталы иҥэрбитэ. Онтон атын нэһилиэстибэ миэхэ наадата суох ».
Последний слайд презентации: Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар »
Ийэ буолуу – улахан эппиэтинэс. Эн олоххо көрүүҥ, сырдыкка талаһыыҥ, дьоҥҥо сыһыаныҥ, чөл туруктаах сылдьыыҥ, туттарыҥ-хаптарыҥ, үтүө майгыҥ – маны барытын оҕо бэйэтигэр иҥэринэр кыахтаах. Онон ийэ буоларга бэлэмнээх, күүстээх санаалаах, баҕалаах буолуохтаахпыт. Тоҕо диэтэр, ийэттэн дойду, общество инники кэскиллэрэ үөскүүллэр. Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар!