Слайд 2: төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ
Олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Ийэ тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэhиннэрэн бэлиэтэнэр. Бу дьаhал Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута. С.А. Новгородов 13.02.1892-28.02.1924
Слайд 3: ИЙЭ ТЫЛ СОНОРУГАР
Олоҥхо – норуот тылынан уус -уран айымньытын саамай улахан көрүҥэ. Манна киһи-аймах үйэлэр тухары сүппэт-оспот үтүө сиэрэ, олох туһугар охсуһуута ойууланар.
Слайд 4: ОЛОҤХО ОРУОЛА
Киһи олоҥхону аахтаҕына, кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Ол курдук, саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, бөлүһүөк суруйааччы А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй кыра эрдэҕиттэн олоҥхону истэн улааппыта, төрөөбүт тылын сүмэтин иҥэриммитэ. Олоҥхоһут А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй
Слайд 5: ОЛОҤХО ОРУОЛА
Былыр уһун күннэрдээх хараҥа кыһын билиҥҥи курдук лаампа уота суоҕар, көмүлүөк оһох тула олорон чугастан, ыраахтан ыҥырыллан кэлбит олоҥхоһуту сарсыарда халлаан сырдыар диэри истэллэрэ эбитэ үһү. Олоҥхоһут көмүлүөк оһох иннигэр талах олох маска оллоонноон олорон эрэ олоҥхотун саҕалыыр эбит. Үс Дойдуну ситимниир Аал Луук мас