Слайд 2
Тохсунньу 25 күнэ – Устудьуон күнэ. Устудьуон диэн – орто үөрэх (оскуола) кэнниттэн салгыы орто эбэтэр үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр эдэр ыччат буолар. Устудьуон биир кэлим эксээмэннэри туттаран, сүүмэрдээһини ааһан, чопчу биир идэни баһылыыр үөрэххэ туттарсан киирэр. Баһылыыр идэтин сүрүн биридимиэттэрин дириҥэтэн үөрэтэр, ону таһынан араас бырайыактары, куурустааҕы үлэлэри көмүскүүргэ үөрэнэр, үөрэх быраактыкаларын ааһар.
Слайд 3
1755с. тохсунньу 25 күнүгэр ыраахтааҕы Елизавета Москватааҕы судаарыстыбыннай университет (МГУ) тэриллэрин туһунан указ таһаарар. Ону таһынан, бу күн православнай итэҕэл сибэтиэй Татьянаны ахтан-санаан ааһар күнэ буолар. 1855с. Москватааҕы судаарыстыбаннай университет 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсүүтүн кэннэ, тохсунньу 25 күнүн, сибэтиэй Татьяна күнүгэр, сылын аайы выпускниктар көрсөр үгэстэрэ олохтоммута. Оттон XIX үйэ бүтүүтэ ыраахтааҕы Николай I укаһынан тохсунньу 25 күнүн Арассыыйа үрдүнэн устудьуоннар күннэринэн ылыныллыбыта.
Слайд 5
Устудьуоннар, эдэр ыччат хамсааһыннара, үлэлэрэ Арассыыйаҕа эдэр ыччат олоҕун сайдыытыгар улахан кылааттаах уонна суолталаах буолар. Ону таһынан, Арассыыйа үөрэҕириитин, наукатын, култууратын эйгэлэригэр эмиэ. Устудьуоннар дойду сайдыытыгар улахан өҥөлөөхтөр. Холобурдаан этэр эбит буоллахха, билигин анал байыаннай дьайыыга элбэх волонтердар үлэлииллэр – кинилэр истэригэр устудьуоннар. Эдэр ыччат политикатын сайдыытыгар – устудьуоннар, айылҕа харыстабылын волонтердара – устудьуоннар. Ити курдук, олохпут хас биирдии хайысхатын сайдыытыгар устудьуон киһи кылаата баар буолар. дьиэ кэргэн бырааһынньыга диэн мээнэҕэ эппэттэр.
Слайд 7
Устудьуоннуур кэм диэн олох биир улахан уонна суолталаах сорҕото буолар. Хас биирдии киһи син биир устудьуон олоҕун амтаһыйар, оскуола кэннэ “атын олох” саҕаланар кэмэ. Устудьуоннар дойду, чуолаан үөрэхтээһин, култуура, спорт, наука сайдарыгар сүдү өҥөлөөхтөр. Киһи устудьуоннуу бардаҕына личность быһыытынан күүскэ сайдар, уопсастыбаҕа сылдьарга, дьону кытта алтыһарга, улахан олоххо бэлэмнээх буоларга үөрэнэр.